Н.М.Рыкунов 1936 сыллаахха Нам оройуонун I Хомустаах нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбутэ. Саха государственнай университетын 1964 сыллаахха бүтэрэн баран, үлэтин Мэҥэ-Ханалас оройуонунааҕы Дьабыыл оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан саҕалаабыта. Ити кэмҥэ ааҕааччылар кинини бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, чаҕылхай поэт быһыытынан хайыы-үйэ билэллэр. Кини бастакы айымньыта “Хотугу сулус” сурунаалга 1959 сыллаахха тахсыбыта.
Оттон 1962 сыллаахха кини “Хатыҥ ырыата” диэн хоһооннорун уонна поэмаларын бастакы кинигэтин таһаарбыта. Итинтэн ыла кини хоһоонноро уонна поэмалара республикатааҕы бэчээккэ угустук тахсара, туспа кинигэлэринэн таһаарыллыбыттара. Россия киин издательствотыгар саха поэттарын хоһооннорун хомуурунньуктарыгар бэ-чээттэммиттэрэ. Суруйааччы үлэтин кытта тэҥҥэ кини журналист үлэтин саҕалаабыта. 1965 сыллаахха Нам оройуоннааҕы хаһыатын редакциятыгар үлэҕэ ылыллыбыта. Ити хаан-уруу коллективыгар кини оройуоннааҕы бэчээт үлэһитэ баар бары сүһүөхтэрин ааспыта, оттон кэлин сылларга хаһыат кылаабынай редакторынан үтүө түмүктээхтик үлэлээбитэ. Кини төрөөбүт улууһугар бэчээт сайдыытыгар бэрт элбэҕи оҥорбута. Ол иһин кини журналистар ортолоругар саамай сөпкө ытыктанара, саҥа үлэлиир журналистарга кини мэлдьи үтүөкэннээх сүбэһит этэ, коллектив интэриэстэрин сатаан көмүскүүрэ. Кини бэйэтин идэтигэр бэриниилээҕэ, чиэһинэй уонна туруоруммут соруктарын толорууга дьаныардааҕа.
Николай Михайлович Рыкунов “Килбиэннээх үлэтин иһин ”меда- лынан, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан, ССРС Журналистарын союһун бырабылыанньатын бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньата.
Саха Республикатын Журналистарын союһун бырабылыанньата.